Урут бобуллубут айымньылар
Шрифт:
Партия ХХ съе?ин кэнниттэн бы?ыы-майгы ?т?? ?тт?гэр уларыйбыта. 1962 с. олунньу 16 к?н?гэр ССКП обкомун «Об исправлении ошибок в освещении некоторых вопросов истории якутской литературы» диэн уураа?а тахсыбыта, классик суруйааччыларга сы?ыан тупсубута. Ол эрээри былаас литератураны, искусствоны «муо?алыыр илиитин» ситэри холкутаппата?а. Маннык бы?ыы-майгы уларыта тутуу кэмэ буолуор диэри сал?анан барбыта.
Кэлин бобуллубут айымньылартан хомуурунньукка Иван Гоголев «?л??нэ сарсыардата» драмата киирдэ. Саха Академическай театрын музейын сэбиэдиссэйэ Е.Н. Степанов к?рд?рб?т барыйааннарыттан биир бастакыларын уонна басты?нарын таллыбыт, уруучуканан сотуллубуту к?нн?рб?кк?, ааптар бэйэтэ хайдах массыы?ка?а бэчээттээбитинэн хааллардыбыт. Театрга бастакы туруоруу бобуллубут. Онтон 1968 с. иккистээн т?хт?р?йэн туруоруллар. Саха Республикатын норуодунай артыыската З.П. Багынанова архыыбыгар 1968 с. ахсынньы 18 к. И. Гоголев «Туймаада
Д.Г. Дыдаев (1935—1974) «?р сыллаах ахтыл?аным» хомуурунньугар бэчээттэммит «Хара быраат хара убайыгар суруйбут суруга» хо?оонун сэбиэскэй олох ис дьи?ин киртитиигэ буруйдаабыттара, хо?оону идейнэй ?тт?нэн сыысхаллаах айымньынан ааттаабыттара. Ол т?м?гэр ССКП Саха уобаластаа?ы кэмитиэтин бюрота 1974 сыл ахсынньы 24 к?н?гэр «Д. Дыдаев «?р сыллаах ахтыл?аным» диэн хо?ооннорун хомуурунньугар та?аарыллыбыт б?д?? ал?астар тустарынан» диэн уураа?ы ылыммыта. Ол кэннэ поэт Д. Дыдаев ити хомуурунньуга атыыланара, библиотека?а уларсыкка сылдьара бобуллубута. Саха сиринээ?и кинигэ издательствотын салайааччылара ?лэлэриттэн у?уллубуттара, партийнай сэмэ?э тардыллыбыттара. Суруйааччы И. Федосеев-Доосо бигэргэтэринэн, ити, дьи?инэн, ???эттэн дьа?алымсыйыы, административнай-хамаандалыыр ?лэ истиилин биир к?ст??тэ этэ. Ол содулугар Д. Дыдаев айымньылара 15 сыл устата бэчээттэммэккэ, к?н сирин к?рб?кк? сыппыттара. 1989 с. эрэ са?алаан ха?ыаттарга, сурунаалга бэчээттэнэн барбыттара.
Дьэ онон, к?нд? аа?ааччы, эн тоталитарнай режим кэмигэр бобуллубут, сорохторо хаайылларга, бэл, ытылларга т?р??т буолбут айымньылары ?г?стэрин холбуу тутан, илиигэр ылан аа?ар кыахтанны?. Кинигэни аа?а олорон, саха?а да?аны Алампа, Н. Неустроев, Арбита, Кындыл курдук кырдьыгы этэр, к???л санаалаах хорсун дьон баалларыттан киэн туттуо?, И. Попов кыра-хара дьон кутур?ан аргыстаах олохторун суруйбутуттан курутуйуо?, Оонньуулаах Уйбаан, М. Корнилов курдук айар дьон олорон ааспыттарын билиэ?, Алтан Сарын, Суорун Омоллоон, С. Васильев айымньыларыттан оччотоо?у кэм тыынын истиэ?.
В.Г. Семенова,
филологическай наука кандидата
Николай Неустроев
?Р?? К??ЛГЭ
(О?олорго кэпсээн)
Куораттан сэттэ биэрэстэ аттакылар олорор дэриэбинэлэрэ Марха диэн баар. Ол дэриэбинэ чуга?ыгар ?р?? К??л диэн ааттаах улахан к??л баар эбит. Биир к???н би?иги, ха?ыа да буолан, ол к??л му?хатыгар куораттан та?ыстыбыт. Би?иги, тыаттан са?а ??рэххэ киирбит о?олор, куорат дьоно хайдах му?халыыллар эбит диэн, ити гэннэ тыа?а бу кэм?э му?ха?а сылдьарбытын да ахтан, ону к?р??р? бардыбыт. Бастаан куораттан тахсыыбытыгар ??р??б?т-к?т??б?т с?рдэннэ, т?ргэн со?устук Марха суолунан баран истибит. Былыттаах итии к?н этэ. Хаар бэт чараас гына т?сп?т.
Муучун кириэ?э диэн ааттаах, ки?и у?уохтардаах халдьаайыны аннынан аа?ан и?эн, Дьылаарба Мэхээлэ эттэ:
– Манна т??к?ттэр ки?ини кэмэтэ суох талыыр-?л?р?р сирдэрэ.
– Дьэ, оннук! – диэтэ Сэмэн, бастаан и?эн.
Би?иги, о?олор, куттанан: «О-о-о!» – дэстибит.
«Бу т??к?ттэр ?л?тт??б?т дьоннорун у?уохтара буолла?а», – дии санаатым мин испэр. «То?о ба?ас ку?а?анай, ки?ини ?л?р?лл?р?. Оннугу о?орботохторуна, кинилэр сатаан сылдьыбат буоллахтара. Бу дойду би?иги тыабытыгар т?р?т маарыннаабат – киэ? ба?айы толоон, онно-манна арыы тыалар харааран к?ст?лл?р. Маннык сир т??к?ннээх да буолуон с?п». Ити курдук кэри-куру санаан, би?иги суол устун
Ол икки ардыгар куттаммыппыт аа?ан, эмиэ к?лсэн-оонньоон бардыбыт. Арай иннибитигэр сыар?а акка икки нуучча дьахтара олорон баран и?эллэр эбит. Сыар?а иннигэр куучардара хороччу олорбут.
«О?олоор, ити нуучча дьахталларын куттуо?у? эрэ!» – диэтэ ким эрэ. Онуоха?а туран би?иги бары, итирбит дьон буолан ха?ыыта?а-ха?ыыта?а балааскайдаан, суолу икки ?тт?нэн айаннаатыбыт. ?с киирбэх, били дьахталларбыт, би?игиттэн куттанан, суолтан туораан тахсан, би?игини эргийэ бардылар. Кинилэр тустарыгар кэлбиппит гэннэ, сырайдара туой би?иги диэки. Дьону куттаабыт дьон буоламмыт, к?ссэ-к?ссэ, би?иги суол устун аа?а турдубут. Нуучча дьахталлара би?игини туох эрэ диэн санаатылар буолла? Ойо?оспутунан киэ? ба?айы бурдук сонуоктара аа?ан истилэр. Бу дойду б?тэйэ да?аны би?иги б?тэйбитигэр майгыннаабат. Иккилии тоґо±олоох сигэ б?тэй киэ? хонууну устатын тухары бы?ыта с??рб?т. Элбэх да бурдугу ы?аллар эбит – бу аттакы диэн ааттаах дьон.
Барбахтаан и?эн, хас да эт тиэйбит угустаах тыа сахаларын к?р?ст?б?т. Би?иги чуга?аан кэллэхпит аайы, куораччыттарбыт туой угустарын суол кырыытын диэки салайаллар, ол гэннэ би?иги диэки сэрэммит харахтарынан к?р?лл?р. «Кинилэри туох билиэй? Ба?арда?ына, ити дьон эппитин талаан ылыахтара», – диэн саныыллар бы?ыылаах.
– Хайа диэкилэргитий, до?оор? – диэн Дьылаарба ыйытта.
– Намнарбыа-ыат! – дэ?э-дэ?э, угустаах дьон хап-сабар аа?а турдулар.
Бу дойдуга ки?и ки?ини кытта, суолга к?сс?н баран, т?р?т тохтоон кэпсэппэт. То?о ба?ас ку?а?анай? Билбэт дьоннорун ити курдук итэ?эйбэттэр. Би?иги тыабытыгар буоллар, биссибэт да дьон буоллахтарына, ?р ба?айы ону-маны кэпсэтэн, сэ?эргэ?эн аа?ыахтара этэ. Куорат чуга?а ити курдук кутталлаах, сэрэхтээх буолар эбит.
Сотору со?ус буолан баран, киэ? толоон хаба оттотугар элбэх ба?айы нуучча дьиэлээх дэриэбинэ к???ннэ. «Ол аттакылар олорор дэриэбинэлэрэ», – дэстилэр аргыстарым. Суол кырыытыгар баар бурдук сонуогун м?чч? т??ээт, би?иги киэ? ба?айы к??л кытыытыгар тиийэн кэллибит. К??л, килэччи то?он баран, са?а хаарынан сабыллан т?г?р?йэн сытар эбит. К??л ар?аа ?тт?гэр у?ун ньолбо?ор нуучча дьиэлэрэ к?ст?лл?р. Ол дьиэлэр тастарыгар хас да кэби?иллибит от турар. К??л тулатыгар эрбэгэй со?ус мастаах алар тыа алааран к?ст?р. Анараатах мыраан ма?хайан, туналыйан к?ст?р. К??л муу?ун оттотугар дьон б?л??хсэн турар. Би?иги сиэлэр былаастаах хаамыынан му?ха?ыттарга тиийэн кэллибит. Ба?адьылаах тойон, Томторук о?онньор, илиитигэр кыл хамыйа?ы тутан туран, уолаттарын дьа?айан баа?ыныы турар эбит. Бэйэтэ у?уо?унан кыра, туоратынан барбыт, м?к? дь???ннээх саха о?онньоро; элэмтэ буолбут кугас дь???ннээх кулун тириитэ са?ынньахтаах, ба?ыгар эргэ ба?айы тугут чомпой бэргэ?элээх, илиитигэр эмиэ сылгы ты?а дуу, ханнык эрэ улахан ба?айы ?т?л?г? кэтэн кэбиспит. Кини бэйэлээ?и манна ким да?аны утары к?рб?т – му?халаах тойон буолар.
?р ба?айы саа?ына?ан баран, са?а дьон эбии кэлбиттэрин гэннэ, дьэ, му?халарын т??эрдилэр. Дьылаарба Мэхээлэ икки бытыга муу?уран хаалбыт, то?он ?кч?чч? таттаран баран, биир анньыыны сулбу тардан а?алан, муус анньан экчэрэ?нээтэ. «Эрэйдээх т??? эрэ балыгы сиэн абыранаары му?нанан эрэр буолла», – дии санаатым мин испэр. Ол эрээри мин да?аны туран к??? то?уйдум: ?т?мэх муус аннынан тыа?а т?л?г?рэйэн кэлэрэ эмиэ да ?ч?гэйгэ дылы буолар. Сотору со?ус буолан баран, му?хабыт та?ыста да, балык кэлбэтэ. «Бу бэйэлээх киэ? к??л буолан баран, балыга суох буолар эбит дуу?» – диэн Уйбаан би?икки бэйэбит икки ардыбытытар сибигинэстибит.
– Аны улахан уутун тардан к?р??ххэ, – диэтэ Томторук.
Ол кэнниттэн, айманан-сайманан, к??л улахан уутун тарда бардыбыт.
Ити икки ардыгар тымныы ба?айы тыал тыалырда, хаар т??эн кэллэ. Би?иги, о?олор, дэлби то?нубут, аччыктаатыбыт да?аны.
– О?олоор, то?мут буоллаххытына, бары?, ити сайыымка?а тахсан, иттэн, чэйдээн киири?, – диэтэ Дьылаарба.
Уйбаан би?икки, к??ллээх ?й??б?т?н с?гэн баран, ?с киирбэх, к??л ?рд?гэр баар сайыымка?а та?ыстыбыт. Ки?им улахан ба?айы бараан бэргэ?элээх, бараан сонноох. Дьэ, т?ргэн со?устук хааман холлурда?ан, сайыымкабытыгар тиийдибит. К??л сыырын ?рд?гэр кыра муус т?нн?ктээх нуучча дьиэтэ о?о?ун буруота тыргыйа турар эбит. Дьиэ ааныгар хас да сыар?алаах ат баайыллан тураллар, дьиэ?э дьоннор киирэллэр-тахсаллар. Ол эрээри би?иги, ол ку?а?ан дьиэ?э саантаабакка эрэ, антах, олбуор и?игэр киирдибит. Олбуор и?игэр улахан нуучча дьиэтэ баар эбит, ол анараа ?тт?гэр улахан ба?айы, оттотунан киирэр, аана чуулааннаах саха бала?ана турар. Би?иги, хайа да дьиэ?э киирэрбитин билбэккэ, дьулайбыт дьон бы?ыытынан отур-ботур кэпсэтэ турдубут. Ол турдахпытына, аттыбытынан са?а ырбаахылаах, ба?ыгар ?р?? былааттаах эдэр, ?ч?гэй дь???ннээх саха дьахтара, т?ргэн со?устук хааман, бала?ан диэки барда.