?л??-тиллии икки ардынан
Шрифт:
Маны аахпыт дьон: «Ки?и ыал буолара судургу да эбит!» – дии саныахтарын с?п. Били, Эллэй Боотур Омо?ой Баай мара кыы?ын, ?лэ?э-хамнаска эриллибитин таба к?р?н, кэргэн ылбытыгар майгыннатыахтара. Би?иги да дьоммут ?б?гэлэриттэн харыс хаалбатах бадахтаахтар. Ол эрээри Уйбаан с?рэ?ин с??йб?т кыргыттар да бааллара. Ону кэлэргэ ха?ааныа?ы?. Оттон бу сырыыга олох оскуолатыгар Чылаа кырдьа?астан у?уйтарбытын умнумуо?у?. Ол кырдьа?ас Эллэй э?эбит ту?унан эппитэ-тыыммыта и?эн итинник бы?аарынна?а. Тас к?р??? кытта ки?и ?лэтэ-хамна?а дь??рэлэ?эрэ сэдэх к?ст??. Кыыс кылааннаа?ын
АЧЧЫГЫЙ ЛЭЭХЭПКЭ АЙАН
Сыар?а сы?аа?а дэгдиргиирэ т?ргэтээбититтэн уонна у?а-ха?ас охсуоламмытыттан Уйбаан бала?ана чуга?аабытын сэрэйдэ. Били утуйан айанныах буолбута баара, бииртэн биир санаа тыыннаах хартыына буолан, т?б?т?н и?игэр к??рчэхтии ытыллан олорор. Олору барытын ситэр кыаллыбат. ?т?? да, м?к? да ?йэлээх ?йд?б?ллэр ?лл?кт??ллэриттэн бу сырыыга Аччыгый Лээхэпкэ аан бастакы айаннарын ахтан аа?ар, араа?а, ааспыт сырыыга быктарбыппытын ситэрэн-хоторон биэрии?и.
Уйбааннаах Лээхэпкэ киирэргэ 1962 сыл сайыныгар дуогабар т??эрсибиттэрэ. Оччолорго т??лээх та?ас к?ст?р? бэрт кырыымчык этэ. Харчы да суо?а бэрдэ. Онон, санан да сананардыы сананыахха диэн, са?а туттубут ат эккирэтэр дьиэлэрин «Приморскай» совхозка атыылаан кэбиспиттэрэ. Дьэ ол кэнниттэн, ту?а?а туруо диэбиттэрин к?рд?лэр да атыыла?ан, син бэлэмнэммит курдуктара.
Ар?ааттан аа?ан и?эр караваны к?рс? киирэр кэмнэригэр бухта?а муус хал?а?ата ыга анньан кэби?эр. Ыраах рейдэ?э турар «Леваневскай» диэн кыра ледоколу кытта кэпсэтиилээхтэрэ. Аны онно киирэргэ катерданыахтааххын. Дьэ ол и?ин Уйбаан кытылга киирэн хаамыталаабыта ха?ыс да хонугар, муус арыый дьай?аран, ??стэн биир катер кэлэн анньыллар. ?р?ксээхтээх уолаттар ?гд???л???н тахсан б????лэк диэки т???нэн кэби?эллэр.
– Хайа, до?ор, бачча долгу??а ханна бараары кытылга киирди?? – диэн са?ара-са?ара катердаах уол аргыый а?ай киниэхэ чуга?ыыр.
– Ээ, катер мана?абын.
– То?о?
– «Леваневскайга» бырахтараары. Лээхэбинэн аа?ар хараабылга киллэриэхтээхтэр этэ.
– Кэл, быра?ан биэриэм.
– Со?отох буолбатахпын, та?а?ас да баар. Аны ыттардаахпыт.
– Тугуй? Лээхэптэн сылдьа?ыт дуо?
– Ээ, са?а киирэ сатыыбыт. Урут сылдьыбатах дойдубут. Бултуохпут этэ.
– Оттон дьоннору??
– Дьоннорум диэн – бэйэм кэргэттэрим. ???э бааллар. Биир-икки чаа?а суох хомуна охсубаппыт буолуо. Уонна биир сырыыга баппат дьоммут.
– Ол ха?ыа?ытый?
– Кэргэним ?с о?отунаан…
– Ыалынан киирэр буоллаххыт. Онно б????лэк баар дуо?
– Суох. Биир бала?ан баар буолуохтаах.
– Бай! О?олор ??рэхтэрэ…
– Саастара кыра, улаханым алтатыгар сылдьар.
– Дьэ, до?ор. Дьиктини кэпсиир ки?и буоллу?.
– Итиннэ туох дьиктитэ баарый?
– Оттон билбэт-к?рб?т сиргэ ?с кыра о?ону илдьэ барыы – дьикти буолбатах дуо? То? ха?аа бала?а??а, ма?а-ото суох дойдуга…
– Хоту дойду суруллубатах сокуоннаах дэ?эллэр. А?ыйах хонукка оттор мас баар ини.
– Онтон?
– Бачча ки?и ма?ы ба?ас булуллуо. К?рб?кк?н дуо, кытыл барыта мас дии?
– Буолтун и?ин, саха санамматын санаммыккыт.
–
– Мууспут хайыыра буолла?
– Чэ, ???э тахсыах, саара?ныы турдахха сарсын буолан хаалыа. Муора хараабыла би?игини к???тэн турбата чахчы. Баттаспатахпытына, ыырбыт ыраатар.
– Бэйэ? тахсары? дуу. Мин катербыттан тэйэрим сатаммат. Манаатахпына табыллар. Уонна бастаан уолаттарбын илдьэттиэм. «Леваневскай» диэти? дии. Олору кытта кэпсэтэн, катердарын ыыттарыам.
Инньэ гынан ол к?н? бы?а т?тт?р?-таары мэскэйдэнэн, син ледоколларын этэ??э булаллар. Катердаах уол, эмиийдээх о?ону к?т??? сылдьалларын к?р?н, т?б?т?н бы?а илгистэр. С?хп?т?н омунугар:
– Хайа, до?ор, ол тиийиэхтээх бала?а??ыт булуустаах дуо? – диэн ыйытар.
– Дьэ билбэтим. Ону то?о ыйытты??
– Ээ, бэйэм. Кыстыы баран и?эр дьон диэтэххэ, аскыт-??лг?т татыма бэрт эбит. Баалаан, «Хоту дойду суруллубатах сокуонунан», булууска эт, балык б??? симиллэ сытара буолуо дии санаабытым.
– К?л?мэ. Саа баар!
– Кы?ын полярнай т??н саба б?р??к??р диэбэттэр дуо?
– К?р эрэ ол, хоту са?а?ы.
– Ол су?умнуур – дь?кээбил уота дуо? Били??иттэн умайар эбит дуу?
– Арыт дьыл эрдэлээччи, ыйда?а диэн эмиэ баар!
– Ол эрээри санаа?ыт модьута бэрт эбит.
– Бээрэ, мин эйигин Тиксиигэ к?рб?т?х курдукпун ээ. Дойдуттан киирэ сылдьа?ыт дуо?
– Дьокуускайдарбыт. Суудунабыт ол турар. Пароходство флагмана. «Первая пятилетка» диэн ньиргиэрдээх ааттаах.
– Кыра эрдэхпиттэн к?рб?т курдукпун. Дьэ, атас, абырааты?. Билсэн кэби?иэх, – Иван Кривошапкин диэн ки?ибин.
– Пана Потаповпын. Табаарыспар Проня?а эр бэрдин, эрдьигэн элигин к?р?ст?м диэн кэпсиэ?им. Саха?а да модун санаалаах уол о?о баар эбит. С???н кэбистим. Онту? ураа?хай уккуйбат дойдута буолуо суо?а дуо?
– Сыыстара?ын, быраат! Саха ?ктэммэтэх сирэ бу эргин суох. Ити би?иги онон-манан тиийэ сатыыр арыыларбытыгар урут мантан ытынан айанныыллара ???. Нуучча кэлиэн быдан инниттэн тиэстибиппит, ону санаа! Хоту, ?сс? ыраах сытар арыыларга би?иги нууччалары сирдээбиппит. Мин ол арыыларга барыларыгар тиийэр санаалаахпын.
Ол киирэн, аа?ан и?эр карава??а кыайан тиийбэккэ, т?нн?н тахсыбыттара. Инньэ гынан, арыый эрдэ кыстыыр сири булан, дьиэни-уоту с?рг?т??х, кыыл табаны бултаныах, оттук ма?ы ха?ааныах буолбуттара табыллыбата?а. Дьэ ол содулугар ма?найгы ыарахаттарыгар ыы муннуларынан кэтиллэ т?сп?ттэрэ.
Самолет сырыыта ха?ан олохтоноро остуоруйа, оноо??о диэри олорорго дьиэ-уот кэпсэтиллиэхтээх, ыт а?ылыга ха?ааныллыахтаах э?ин. Аны дьонун хайыырый? Хаалларда?ына – ханна олороллор, тугу а?ыыллар? «Холбоско» сы?аланыахтарын – ылыахтаахтарын ылбыт курдуктар. «То?о барбатыгыт?» – диэн куоластарын соното к?рс?б?ттэрэ. Аккаастана кэлбит курдук к?рб?ттэрэ. Уйбаан оннук ки?и буолбатах. Хайаан да Лээхэп арыытыгар тиийэн тэйиэхтээх. Дьонун онуоха-маныаха диэри хаалларар санаалаа?ын Шурата истиэн да ба?арбат: онноо?ор сэрии аас-туор сылларын этэ??э н????лээбиппит, били??и ?йэ?э бачча дьон ?л?н-охтон биэриэхпит суо?а диэн тыллаах.