Шрифт:
КИИРИИ ТЫЛ
Би?иги ?б?гэлэрбит былыр-былыргыттан ?т?? дьон эбит. Т?р??б?т-??скээбит аар айыл?аларын харахтарын харатын курдук харыстыыллара. Сиргэ-уокка сиэри-туому туту?аллара, бэйэ-бэйэлэригэр харыстабыллаахтык сы?ыанна?аллара. Сахалар ?рк?н ?йд??х, сылайбат сындаа?ыннаах дьон буолан, бу томороон тымныыга силис-мутук тардан, ??нэн-чэчирээн, сайдан-сириэдийэн олордохпут. Бы?ый атахтаах б?р?н? туут хайы?арынан ситэн бултуур сындалыйбат сындаа?ыннаах дьон эбиттэр. Оннук ситэн бултуулларын итэ?эйбэт этим да, Сунтаар сорсуннаах булчуттарын ту?унан кинигэ суруйа сылдьан б?р?н? сиппит Аппырыкаан Миитэрэйэби к?рс?н, атах тэпсэн олорон, кэпсэтэн итэ?эйбитим.
?б?гэлэрбит ?рк?н ?йд??х
Сахалар мындыр буолан айаны, тыатаа?ы сохсотун, тиргэни, чааркааны, кыра кыылларга сохсолору айдахтара уонна сатабыллаахтык ту?аннахтара. Дьэ ити сатабылбыт, сылайбат сындаа?ыммыт, ?рк?н ?йб?т, эр с?рэхпит барыта холбо?он, аан дойдуга биллэбит. Омук хайда?а аан дойду араас к?рэхтэ?иитигэр к?ст?р эбит. Тустууктарбыт ?б?гэлэриттэн бэриллибит булчут хааннаах буолан, сири сиксигинэн ар?аран, кыайыы-хотуу к?т?лл??х эргийэн кэлэллэр. Ол курдук, икки олимпиада уонна аан дойду ч?мп?й??ннэрдээхпит. Билигин норуоту ахсаанынан буолбакка, чулуу дьонунан сыаналыыллара биллэр.
Ол эрээри билигин о?олор айыл?аттан тэйэн м?лт?? бы?ыытыйдылар. К?мп??тэргэ, тэлэбиисэргэ хам хатанан олорор буоллулар. Кыра саастаах о?олорбут сатаан сахалыы са?арбакка, тэлэбиисэргэ к?ст?р дьон, кыыл са?атын ?т?ктэллэр. Дьиэ?э-уокка т?р?пп?ттэр сахалыы сайа?астык кэпсэппэккэ, о?олор ийэ тылларын, ийэ ?йд?р?н эмиэ с?тэрдилэр. Мин Б?л?? Л?к?ч??н?гэр сырыттахпына биир о?о, кыыллар са?аларын ?т?ктэ-?т?ктэ, нууччалыы са?ара сатаахтаабыта. Бу о?о нуучча диэни илэ к?рб?т?х, тэлэбиисэр о?ото. Хомойуох и?ин маннык о?о элбэх. Тыа?а да олорор дьон нууччалыы са?араллар. Тыл ?лл???нэ – норуот ?л?р.
Мин ити к?ст??н? утаран, улуустары кэрийэн, кырдьа?ас булчуттары к?рс?н, атах тэпсэн олорон, кинилэр сылдьыбыт бы?ылааннаах сырыыларын, тылларын-?ст?р?н уу?ун-уранын, булт сиэрин-туомун, ?гэстэрин хомуйан суруйан эрэбин. Булт тыла – саха тылын с??гэйэ-с?мэтэ.
Билигин тылбытын-?сп?т?н умнан мо?уогуруох курдук буоллубут. Аны уолаттарбыт эр ки?илии иитиллибэт буолан, кыыс курдук сара?наабыт, сыбыахайдаан хаамар уол элбээн и?эр. У?уйаантан са?алаан дьиэ?э, оскуола?а тиийэ дьахтар иитэр-??рэтэр. Уол о?ону хайдах дьи?нээх эр ки?и гына иитиэй? Дьахтар эр ки?и ?лэтин сатаабат, булду-алды билбэт. Кини кыыс о?ону к?н к?бэй ийэ буоларга бэлэмниир.
Кыыс о?о айыл?аттан к?рс??-сэмэй буолан кы?амньылаах, онон ??рэ?и ылла. Эр дьон тыа?а сопхуостар эстэннэр ?лэтэ суох хаалбыта. Онон сорох ыалга эр дьон дьыбаан киэргэлэ буолла, санаата т??эн а?ыы утахха убанна. Сорох дэриэбинэлэргэ сарсыардаа??ы сахсаан, киэ?ээ??и кэпсэл арыгы эрэ тула эргийэр буолла. Ким, ханна т???н? испитэ. Арыгы?ыты ?р? тутуунан, а?ыммыта, м?хп?тэ буолуунан к?н б?тэр. Сорох эр дьон у?уктаат, хантан арыгы булан и?эбит диэн сыаллаахтар-соруктаахтар. Куоракка да?аны итинник дьон а?ыйа?а суох.
Дьи?инэн, сахалар а?ыйах сыллаа?ыттан бэттэх, сопхуос буолан баран, арыгыны элбэхтик испиппит. Билигин тэрээ?ин барыта арыгылаах, а?ыы ута?ы испэтэххэ табыллыа суох курдукпут. А?ыйах сыл и?игэр дьон санаата уларыйар эбит. Аны билигин наркотик диэн адьарай а?а тиийэн кэллэ. Бу саха норуотун улаханнык эмсэ?элэтэр дьаат буулаата. Арыгыга, наркотикка эдэр ыччат убанар т?рд?н, т?р??т?н билиэххэ уонна туоратыахха. Эдэр дьон к???л босхо баран, олус иллэ? буолан, кытаанахтык ыга тутар а?а суох буолан, ку?а?ан дьаллыкка ылларда. Мин тус санаабар арыгыттан быы?анар суол ?лэ, спорт, айыл?а уонна булт буолар. О?о т?б?т?н и?игэр арыгы, наркотик диэн ?йд?б?л суох буолуохтаах. О?о кыратыттан булка, спорка убаныахтаах. Аар айыл?ата
Мин оскуола?а ??рэммит кылааспыттан ылан к?рд?хх?, улуу тириэньэрбит Миитэрэй Б?т?р??б?с Куоркун уонна тустуу к?м?т?нэн, чулуу дьон иитиллэн тахсыбыттара. Холобур: биир атаспыт бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан ?лэлээбитэ, ?с милииссийэ полковнига, ?т??лээх тутааччылар, ?т??лээх тириэньэрдэр бааллар. Дьэ бу спорт иитэр-??рэтэр ча?ылхай холобура буолбатах дуо? Б?т?р??б?с ?лэлииргэ ??рэппитэ.
Уол о?о уон т??рт саа?ыгар диэри сатабыл, эт-сиин, к??с-к?дэх, ?й-санаа ?тт?нэн саастаахтарыттан хаалсыа суохтаах. Тугу да?аны сатаабат, м?лт?х, унньу-санньы т?сп?т уолу о?олор ата?астыыллар. Уол о?ону а?ата кыра эрдэ?иттэн баты?ыннара сылдьан сиэргэ-туом?а, булт ?гэстэригэр ??рэтиэхтээх. Ол сорох ыалга кыаллыбат. Хомойуох и?ин а?аардас ийэлэр бааллар, ыал а?ата да барыта булка, сиргэ-уокка сылдьыбат. Онон бу кинигэбин уол о?о иитиитигэр к?м?л??х буоллун диэн суруйдум. Ба?ар биир эмэ уол аа?ан баран, дьи?нээх эр ки?и буолла?ына, кинигэм сыалын ситтэ дии саныам этэ.
Бу кинигэ?э уонтан лаппа тахса булчут араас мо?олу туораан, ?л?-?л? тиллэн, м?чч?-хаччы туттаран, эр санаалаах дьон буолан, ?л?р ?л??ттэн быы?аммыттара сурулунна. Аан дойду ааттаахтарын уонна тыа боростуой дьонун оло?у к?р??лэрэ, сиэрдэрэ-майгылара, уол о?о ыксаллаах, ?л?р-тиллэр м?кк??р?гэр хайдах бэйэ бодотун тардынан, ?л?р ?л??н? кытта туруула?ыахтаа?а ойууланна. Ха?ан ба?арар атах анныттан алдьархай ада?ыйыан с?п, онно бэлэм буолуохтаахпыт. Кураанах куолутаа?ар, тус мин санаабар, дьи? олохтон ылыллыбыт кэпсээннэр, о?о с?рэ?эр-быарыгар, ?й?гэр-санаатыгар тиийимтиэ буолаллар. Ыал а?ата эрэ барыта бултаабат, онон кинигэ?э баар умсул?аннаах кэпсээннэри аа?ан, уол о?ону к?лдь?н, ээл-дээл бы?ыыттан, арыгыттан тэйитэн ч?л олоххо сы?ыарда?ына, саха дьоно дьолбут буолуо этэ.
К?нд? аа?ааччы, сынньала??ар умсул?аннаах кэпсээннэри аа?аргар с?бэлиибин, дьоллоох-соргулаах буол!
Ма?найгы т???мэх
Олохпор ?йд??н хаалбыт т?гэннэрим
Ма?найгы булт
Ханнык да ки?иэхэ о?о саа?а ордук к?нд?, исти? буолар эбит. Кыра сырыттахха буолбут сырдык ча?ылхай т?гэн ?йг?р с???н хаалар. Миэхэ, саа?ыран эрэр ки?иэхэ, ойор-тэбэр о?о саа?ым дьикти т?гэннэрэ сотору-сотору харахпар к?ст?н кэлэллэр. ?йб?р одо?-додо? с???н хаалбыты сурукка ти?эргэ холоннум, онон э?иги исти?, мин кэпсиим.
Кыра сылдьан с?рдээх мэник-тэник, биир сиргэ т?птээн-таптаан олорбот о?о ???б?н. Т??ртээх-биэстээх бэдик ынах этэрбэстээх уонна Кочубей курдук бэргэ?элээх этим. Кочубей диэн киинэ?э к?ст?р ?р??нэри кытта сэриилэспит ?р?? папаахалаах кы?ыл хамандыыр. Онтон миэнэ ма?ан каракуль бэргэ?э этэ. Торбос тириитэ ботуо?калаа?ым, онно «бултуур тэрилбин»: арагаайканы уонна бадараанынан о?о?уллубут, о?оххо хатарыллыбыт буулдьаны уктарым. Маннык та?нан-симэнэн, хорсун кы?ыл хамандыырыныы сананан, тэлгэ?эм и?игэр мас аты миинэн с??р да с??р буоларым. Былыргы ынах этэрбэс барахсан, быата эрэ с?лл?бэтэр, с??рэргэ чэпчэкитэ с?рдээх буолара. Убайдарым мо?отойдуу баралларыгар куруук кыра диэн хааллараллара, онуоха ытыы-ытыы эккирэтэрим. Улаатан борбуйбун к?т?хп?т?м да кэннэ, ыраах бултуу баралларыгар хаалларар этилэр. Хаалар с?р?н сылта?ым: т??рт ки?и «ИЖ-56» диэн к?л??ск?т? суох матасыыкылга баппаппыт.